Саха сирин суруйааччыларын уонна суруналыыстарын Сойуустарын чилиэнэ, суруйааччы Надежда Алексеевна Аржакова-Иванова утум-ситим уонтан тахса кинигэни суруйан таһаартарбыта.
90-с сыллар саҕаланыыларыгар Н.А.Аржакова-Иванованы дьон-сэргэ аан бастаан эмчит, көрбүөччү, ичээн быһыытынан билсибиттэрэ. Нэһилиэктэргэ, Дьокуускайга сылдьан сахалыы көрүүлэрин туһунан лекцияларыгар дьон тоҕуоруһа мустара. Кинигэлэрэ "Айылҕа-Киһи-Общество" кистэлэҥнэрин таба таайарга анаммыт дириҥ философскай суолталаахтар. Н.А.Аржакова-Иванова үгүс суруйууларыгар саха норуотун инники дьылҕатыгар этэр санааларын республикабыт салайааччылара эмиэ болҕомтоҕо ылбыттара.Ол курдук " Ытык сир, Ымыы сир, Ыйаах сир ыҥырар" диэн боппуруоһу көтөхпүтэ." Ытык сирдэр" диэн ыстатыйата оскуолаҕа төрүт культура программатыгар бигэргэтиллэн, 1996с " Саха төрүт культурата" Vчааһыгар киирбитэ. 1998с "Ытык Кэрэ сирдэр" Саха Өрөспүүбүлүкэтин государственнай программата ылыныллыбыта. Надежда Алексеевна иэйэр куттаах хоһоонньут, кини хоһоонноро ырыа буолан тарҕаммыттара. Нэһилиэк библиотеката, улуустааҕы кииннэммит библиотека ыытар ааҕыы күрэхтэригэр көхтөөхтук кыттар, 2014сыллаахха Национальнай библиотека ыыппыт Республиканскай күрэҕэр кыттан " Чтение-вперед" номинация кыайыылааҕа буолбута.
Ийэ тыл,сурук-бичик күнүгэр аналлаах, ааптар Н.А.Аржакова-Иванова айымньыларынан тургутук. https://onlinetestpad.com/gmlhgffsy7srk