Саха норуодунай бэйиэтэ Петр Николаевич Тобуруокап 1917сыллаахха алтынньы 25 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун Ороһу нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Кини Бүлүүтээҕи Н.Г. Чернышевскай аатынан педагогическай училищены үөрэнэн бүтэрбитэ. 1937сылтан кэргэнэ Евгения Васильевна Ноговицыналыын Дүллүкү, Ороһу, Нам нэһилиэктэригэр учууталлаабыттара.1941с Тойоку ситэтэ суох оскуолатыгар дириэктэрдээбитэ. 1942сыллаахха фроҥҥа барарга түөрт төгүл көрдөһүү түһэрэн барбыта. Сталинград фронугар 298-с дивизия стрелковай полкатыгар наводчик-пулементчигынан сылдьыбыта. Хабыр хапсыһыыларга ыараханнык бааһырбыта. Госпитальга эмтэнэн, 1943с. от ыйыгар доруобуйатын туругунан аармыйаттан босхоломмута. 1960с Москваҕа литературнай институт старшай преподавателинэн уонна айар-суруйар үлэҕэ уһуйааччылар сэминээрдэрин салайааччынан үлэлээбитэ. 1979сылтан идэтийбит суруйааччы буолар. 2001сыллаахха .Дьокуускайга кулун тутар 6 күнүгэр өлбүтэ. Наҕараадалара: "Бочуот Бэлиэтэ", Аҕа дойду сэриитин II истиэпэннээх уордьаннара.1957сылтан ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ. Үгүс элбэх хоһоонноро ырыа буолан ыллана сылдьаллар. Нэһилиэк модельнай бибилэтиэкэтэ- Норуот таптыыр суруйааччыта П.Н.Тобуруокап 105сааһыгар анаан, кини айымньыларынан кинигэ быыстапката, дьиэ кэргэнин, айар үлэтин сырдатар биктэриинэ бэлэмнээн ыытта.