







Бүгүн Бороҕон нэһилиэгэр «Лена-Мүрү» уу ситимэ үлэҕэ киирбитэ 30 сылынан иһэр ууну хачайдыыр Тумуллааҕы насоснай станция дьиэтигэр Уус-Алдан улууһун Бороҕон нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, сэрии кэмин оҕото, өр сылларга Уус-Алдан улууһун тыатын хаһаайыстыбатыгар уонна сири уунан хааччыйыы үлэтигэр үтүө суобастаахтык үлэлээбит, биир дойдулаахпыт, үлэ бэтэрээнэ Семен Григорьевич Прокопьев аата иҥэриллибитинэн өйдөбүнньүк дуоска аһылынна. Бу бэлиэ күн алгыһын сиэрин-туомун алгысчыт Андрей Макаров толордо. Үөрүүлээх чааска эҕэрдэ тылы эттилэр, өйдөбүнньүк дуосканы арыйдылар Уус Алдан улууһун баһылыга Василий Алексеев, СӨ тыа хаһаайыстыбатыгар миниистирин солбуйааччы Сахайаана Павлова, өрөспүүбүлүкэтээҕи мелиорация управлениетын салайааччыта Дмитрий Махаров, Уус –Алданнааҕы мелиорация управлениетын салайааччыта Семен Сивцев, Тумуллааҕы ууну хачайдыыр станция бэтэрээн үлэһитэ Василий Новоприезжай, төрөппүт кыыһа Наталья Лукачевская. Онтон Семен Григорьевич кыргыттара Наталья Лукачевская, Галина Прокопьева, кийиитэ Евдокия Прокопьева эҕэрдэ суруктары, өйдөбүнньүк бэлэҕи аккумуляторынан үлэлиир сварочнай аппарааты Тумуллааҕы насоснай станция коллективар үөрүүлээх быһыыга туттардылар. Өйдөбүнньүк сибэкки дьөрбөтүн уурдулар, тэрээһин уопсай хаартыскаҕа түһүүнэн түмүктэннэ.