
А.Р. Халдеева аатынан нэһилиэк сельскай библиотекатыгар саҥа кинигэлэри билсин

бу кинигэҕэ Саха сиригэр нууччалар кэлиэхтэрин иннинээҕи олох, Кыргыс үйэтэ сабардаан турар кэмэ кэпсэнэр.Туматтартан кыргыллыбыт ньырбакааттарбыт дэнэр аҕа ууһуттан чороҥ соҕотох ордон туос тыыга олорон куоппут кыыс оҕо дьылҕата, олоҕо кэпсэнэр.

Кинигэҕэ саха норуодунай поэта Наталья Харлампьева ахтыыларын, кэпсээннэрин, ыстатыйаларын ааҕыаххытын сөп.

Бу кинигэҕэ үлүскэннээх үлэ, күүстээх дьулуур уонна самныбат баҕа санаа киһини ханнык баҕарар үрдэлгэ тиэрдиэн, кынаттыан сөп. Аныгы көлүөнэ ыччат туруоруммут сыалын-соругун ситиһэргэ кинигэни ааҕан, аныгы ырыынак үйэтигэр үүнүөн сайдыан сөп.