Бороҕон нэһилиэгин “Түмсүү” НАК Олоҥхо декадатын чэрчитинэн, Бороҕон нэһилиэгин олоҥхоһуттара Сэмэн Сэмэнэбис Татаринов төрөөбүтэ 125, Ефим Петрович Барашков-Төппөс төрөөбүтэ 140 үбүлүөйдээх сылларыгар аналлаах «Олоҥхо дьоро киэһэтэ” ыытылынна.Тэрээһиҥҥэ «А.Р.Халдеева” аатынан олохтоох библиотека “ Олоҥхо-норуот тылынан уус-уран айымньытын чыпчаала, бары күндүтэ мустубут музейа” кинигэ быыстапкатын, киэн хабааннаахтык туруоран сырдатта. Тэрээһин аһыллыытыгар, нэһилиэк аҕам саастаах Далбардара, арыылаах алаадьынан кэлбит ыалдьыттары, олохтоохтору күндүлээтилэр.
Улуустааҕы «Олоҥхо дьиэтэ” этно-култуурунай киин директора Айаал Аргунов, уус-уран салайааччыта Елизавета Данилова үөрүүлээх чааска Олоҥхо декадатынан эҕэрдэлээн тураннар, олоҥхону уһуйааччыларга Акулина Сокольниковаҕа, Татьяна Габышеваҕа, Андрей Макаровка махтал суруктары, өйдөбүнньүк наҕараадалары туттардылар. СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ,СӨ култууратын туйгуна, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, Уус Алдан улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, «Саха героическай эпоһын Олоҥхону бастыҥ тарҕатааччы » бириэмийэтин лауреата Мария Захаровна Сивцева-Бороҕон нэһилиэгиттэн төрүттээх олоҥхоһуттары Е.П.Барашковы-Төппөс, С.С.Татариновы дириҥ ис хоһоонноохтук сырдатан билиһиннэрдэ. Олоҥхоһут Сэмэн Татаринов олоҥхолуурун үйэтитэн дискэҕэ киллэттэрбиттэрин , сэргээн иһиттибит. Олохтоох музей салайааччыта, краевед учуутал Акулина Сокольникова бөдөҥ общественнай- политическай деятель, бөлөһүөк, олоҥхоһут Алексей Ардьакыап-Сэһэн Ардьакыап, олоҥхоһуттар Е.П.Барашков, С.С.Татаринов тустарынан ахтыы оҥордо.
Олоҥхо дьоро киэһэтигэр кытыннылар: “Айыллан” норуот тыйаатыра, “Дьүрүлгэн” оҕо фольклорун бөлөҕө, “Арылы” 4 кылаас үөрэнээччилэрэ, Сэһэн сиэннэрэ, “Тумулчаана” уһуйаан иитиллээччилэрэ уо.д.а.
“Айыллан” норуот тыйаатырын артыыстара, режиссер Андрей Макаров туруоруутунан, ааптар Пестряков Н.Н. суруйуутугар, биир дойдулаахпыт Барашков Ефим Петрович-Төппөс” Отут былас усталаах , тоҕус саһаан үрдүктээх, суондалы хара аттаах дьулаан киһи Дьуралытта Дохсун” олоҥхотуттан быһа тардан, бухатыыр үөскээһинин көрдөрөр дьүһүйүүнү кэрэхсээн көрдүбүт, дьоро киэһэ бэрт сэргэхтик ааста.











