Бүгүн Олоҥхо күнүгэр, «Олоҥхо дьыктаана” өрөспүүбүлүкэтээҕи аахсыйаҕа кыттааччылар, биллиилээх олоҥхоһут П.П. Ядрихинскай-Бэдьээлэ айымньытыттан быһа тардыыны суруйдулар. Дьыктаан сыала-соруга. Саха героическай эпоһын-Олоҥхону киэҥ араҥаҕа тарҕатыы, төрөөбүт тыл баайын уонна таба суруйуу үөрүйэҕин чиҥэтии. Дьыктаан кыттыылаахтарыгар Национальнай бибилэтиэкэ туоһу суруктара, дипломнара туттарылынна.






