- Информация о материале
- Автор: Super User
Саха норуодунай бэйиэтэ Петр Николаевич Тобуруокап 1917сыллаахха алтынньы 25 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун Ороһу нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Кини Бүлүүтээҕи Н.Г. Чернышевскай аатынан педагогическай училищены үөрэнэн бүтэрбитэ. 1937сылтан кэргэнэ Евгения Васильевна Ноговицыналыын Дүллүкү, Ороһу, Нам нэһилиэктэригэр учууталлаабыттара.1941с Тойоку ситэтэ суох оскуолатыгар дириэктэрдээбитэ. 1942сыллаахха фроҥҥа барарга түөрт төгүл көрдөһүү түһэрэн барбыта. Сталинград фронугар 298-с дивизия стрелковай полкатыгар наводчик-пулементчигынан сылдьыбыта. Хабыр хапсыһыыларга ыараханнык бааһырбыта. Госпитальга эмтэнэн, 1943с. от ыйыгар доруобуйатын туругунан аармыйаттан босхоломмута. 1960с Москваҕа литературнай институт старшай преподавателинэн уонна айар-суруйар үлэҕэ уһуйааччылар сэминээрдэрин салайааччынан үлэлээбитэ. 1979сылтан идэтийбит суруйааччы буолар. 2001сыллаахха .Дьокуускайга кулун тутар 6 күнүгэр өлбүтэ. Наҕараадалара: "Бочуот Бэлиэтэ", Аҕа дойду сэриитин II истиэпэннээх уордьаннара.1957сылтан ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ. Үгүс элбэх хоһоонноро ырыа буолан ыллана сылдьаллар. Нэһилиэк модельнай бибилэтиэкэтэ- Норуот таптыыр суруйааччыта П.Н.Тобуруокап 105сааһыгар анаан, кини айымньыларынан кинигэ быыстапката, дьиэ кэргэнин, айар үлэтин сырдатар биктэриинэ бэлэмнээн ыытта.
- Информация о материале
- Автор: Super User
Бороҕон нэһилиэгэр культура үлэһиттэрин көҕүлээһиннэринэн "Ийэ -Аан дойду аанньала" Саха Республикатын ийэлэрин күнүгэр аналлаах, көлүөнэлэринэн үс хамаандаҕа арахсан ийэлэр күрэхтэрэ 6 түһүмэҕинэн ыытылынна. Ийэлэргэ аналлаах презентациялар көрдөрүлүннүлэр. Нэһилиэк библиотекара, библиотека иһинэн үлэлиир "Көмүлүөк" үһүс саас оскуолатын салайааччыта Прудецкая С.А. -"Аан Дархан махтал ийэ5э" медиапрезентацията сырдатыллан көрдөрүлүннэ. Күн күбэй ийэлэр иллэҥ кэмнэригэр оҥорбут уус -уран оҥоһуктарын, талба талааннарын көрдөрөн ыллаатылар , үҥкүүлээтилэр, дьиэ хаһаайкаларыгар аналлаах түһүмэҕи бириэмэҕэ ийэлэр көхтөөхтүк толордулар. Бүтэһик түһүмэххэ араас матырыйаалтан оҥостубут көстүүмнэринэн авангард муодатын, киэһээҥҥи мааны былааччыйанан хааман көрдөрдүлэр. Кыттыбыт хамаандаларга ийэ күнүгэр аналлаах минньигэс тортары, сибэккилэри бэлэх ууннулар.
- Информация о материале
- Автор: Super User
27 сентября -День государственности Республики Саха (Якутия).В этот знаменательный день1990года была провозглашена Декларация о государственном суверенитете, это и стало новым этапом для республики. В октябре и декабре1992 года были одобрены проекты государственных символов Республики: флаг и герб. Оба государственных символа составлены с учетом исторических и культурных традиций народа Республики Саха. Имеет Республика и свой гимн. Главным законом субъекта является Конституция , принятая в 1992году. Наша библиотека подготовила книжную выставку -обзор " Моя Республика-моя гордость!" и викторину " История моей республики" ко Дню государственности Республики Саха (Я). Борогонская модельная сельская библиотека подготовила тест: https://onlinetestpad.com/ixosab6gmeou2
- Информация о материале
- Автор: Super User
Приглашаем всех читателей посетить книжную выставку " О маме-с любовью", оформленную в библиотеке. Книжная выставка обновляется новыми литературами, материалами. Вы ознакомитесь , в взяв в руки, представленный на выставке материалы: книги о маме , и о его красоте , и о матерях -героинях Республики Саха (Я).
Восславим женщину-мать ,чья любовь не знает преград ,чьей грудью вскормлен весь мир!
Все прекрасное в человеке-от лучей солнца и от ласк матери. / М. Горький/.
Страница 7 из 16