Сергей Степанович Васильев  Борогонский -поэт, публицист и очеркист, лауреат Государственной премии имени П.А. Ойунского , член Союза писателей СССР 1938. Родился в Усть-Алданском улусе. Окончил Якутский педагогический техникум. Член КПСС с 1931г.Работал председателем исполнительного комитета районных советов, исполкома Якутского городского совета. Был ответственным секретарем  правления Союза писателей Якутии. Первое произведение С. Васильева -поэма "Артель Романа" издана в 1929г и принесла  в ту пору широкую известность. Из его произведений 30-хгг.выделяется поэма "Семь журавлей", ставшая заметным явлением в якутской поэзии. Поэма баллада "Священный  Ильмень" С. Васильева удостоена республиканской премии имени П.А. Ойунского . Ряд произведений поэта издан  в переводе на русский язык и на языки других братских народов. За выдающиеся заслуги награжден двумя орденами "Знак Почета , медалями и Почетными грамотами. Приглашаем всех читателей посетить книжную выставку на которой вы ознакомитесь с жизнью и творчеством поэта, публициста, очеркиста.

 

 

10 сентября 2022 года исполнилось 150лет талантливого писателя, известного исследователя Дальнего Востока Владимира Клавдиевича  Арсеньева. Имя талантливого человека, открывшего миру Уссурийский край и оставившего большое исследовательское и эпистолярное наследие, носит Музей истории Дальнего Востока в городе Владивостоке. Книги В. Арсентьева до сих пор популярны в России и за рубежом. Наша библиотека приглашает всех читателей посетить книжную выставку, на которой вы  познакомитесь с жизнью и творчеством  писателя, ученого, путешественника.

 

                                                                                   Библиосумерки тэрээһиҥҥэ көхтөөхтөрүн көрдөрдүлэр

         А.Р.Халдеева аатынан модельнай сельскай библиотекаҕа "Библиосумерки" тэрээһин общероссийскай библиотека күнүгэр ананан ыытылынна.Тэрээһин бастакы чааһа IV республиканскай сетевой акцияҕа кыттыһан , “Кинигэ күүһэ” тэрээһин Ийэ сылыгар ананна. Республикабытыгар “Ийэ”, үөрэҕирии эйгэтигэр “Ааҕыы” сылынан кинигэ быыстапката турда, “Ийэ уонна ааҕыы” сылларыгар аналлаах презентация көрдөрүлүннэ. Тэрээһиҥҥэ кыттыыны ылла РФ үөрэҕириитин туйгуна, СР учууталларын учуутала, СР дьиэ кэргэн ыччат политикатыгар анал бэлиэлээх, Республикатааҕы “Күндү киһи эбээ»- Гран При хаһаайката улуустааҕы “ Остуоруйаһыт эбээ” күрэх кыайыылааҕа, элбэх оҕо күн күбэй ийэтэ, эйэҕэс эбэтэ Новоприезжая Матрена Афанасьевна, биир дойдулаахпыт, саха норуодунай суруйааччыта И.В. Мигалкин “Ийэ уонна Алаа моҕус” хомулук кинигэтиттэн «Ытык ийэ» остуоруйаны дорҕоонноохтук ааҕан, оҕолор интэриэстэрин, болҕомтолорун тарта. Оҕолор олус кэрэхсээн, болҕойон олорон иһиттилэр. Тэрээһин иккис чааһа «Читающая мама-читающая нация» биэс түһүмэхтээх күрэх ааҕыы сылыгар ананна. Күрэхтэһээччилэр олус бэлэмнэнэн кэлбиттэрэ барыбытын үөртэ. Күрэх сыала-соруга дьиэ кэргэҥҥэ ааҕыыны көҕүлээһин. Презентацияҕа ааҕар бастыҥ дьиэ кэргэттэр, Кинигэни таптааччылар куруһуок үлэтэ  сырдатылынна, "Мои любимые книжки"-кинигэ быыстапката турда. Күрэхтэһээччилэр  түһүмэх аайы кинигэҕэ, ааҕыыга сыһыаннаах түгэннэрин презентациянан, видеонан, фотонан көрдөрөн кэпсээбиттэрэ кэрэхсэбиллээх. Иккис түһүмэххэ дьиэтээҕи сорудаҕы толорон ,бэйэлэрин фантазияларынан ,тутан- хабан дириҥ ис хоһоонноох, олус тупсаҕай көрүөхтэн кэрэ уруһуйдардаах, фотонан ,аппликациянан сыһыаран оҥорбуттара сөхтөрдө. Үһүс түһүмэххэ дорҕоонноохтук " Ийэ" туһунан  хоһоон аахтылар, төрдүс түһүмэххэ кинигэҕэ, ааҕыыга сыһыаннаах биктэриинэҕэ кытыннылар. Бэһис түһүмэххэ инсценировка көрдөрдүлэр. Ол курдук оҕолор  Айаал, Айыы Куо эбэлэрин Матрена Афанасьевнаны кытта “Кыһыл бэргэһэчээн” , Айыллаана ийэтинээн Наталья Петровналыын  “Ийэ кэҕэ” остуоруйаны туруоран көрдөрбүттэрэ биһирэннэ. Тэрээһин үһүс чааһыгар кинигэни таптааччылар куруһуок оҕолоро  ,кылааһынан остуоруйа туруоран, видеонан устан күрэххэ кытыннылар. Маҥнайгы кылаас коллектива  А.С.Пушкин “ Кыһыл көмүс балыкчаан “ остуоруйатын, иккис кылаас коллектива Николай Носов “ Живая шляпа “ кэпсээнин , теневой театрга туруоран устубуттара кэрэхсэннэ. Күрэҕи дьүүллүүр сүбэ: Новоприезжая Татьяна Устиновна, Софронова Раиса Егоровна, Аввакумова Людмила Михайловна, Стрекаловская Сардаана Иннокентьевна сыаналаатылар. 1 миэстэни Новоприезжая Матрена Афанасьевна сиэннэринээн Айааллыын,Айыы Куолуун, 2 миэстэни Капитонова Наталья Петровна кыыһынаан Айыллааналыын дипломунан, өйдөбүнньүк кинигэлэринэн наҕараадаланнылар. Видеонан күрэххэ 1 кылаас коллектива маҥнайгы миэстэ, 2 кылаас коллектива  иккис миэстэлэри ылан сертификатынан , өйдөбүнньүк « Самый дружный класс» кубогынан наҕараадаланнылар. “Кинигэ күүһэ» тэрээһиҥҥэ кыттыбыттарга Национальнай библиотека , сертификаттара, олохтоох сельскай библиотека, оскуола библиотекатын аатыттан призтар туттарылыннылар.Тэрээһинтэн үөрэн-көтөн, астынан тарҕастылар.

   Ыам ыйын 19 күнүгэр , пионерия төрүттэммитэ 100 сылыгар аналлаах тэрээһин ыытылынна. Ол курдук библиотека иһинэн үлэлиир школа третьего возраста түмсүү араас сылларын пионердара түмсэн , ааспыт умнуллубат оҕо саастарын  санаан аастылар. Тэрээһиҥҥэ "Костер" истиэнэ хаһыатын таһааран, хаартысканан күрэхтэр ыытылыннылар. "Ааспыт кэм ахтылҕана" араас сыллар пионердарыгар  ахтыылар оҥоһулуннулар. Кинигэ быыстапката- "Пионерия в судьбе моей семьи", пионерия 100 сылыгар аналлаах биктэриинэ ыытылынна, пионерскай рапорт, речевка, маршировка, араас спортивнай оонньуулар, скандинавскай хаамыылар ыытылыннылар. Бороҕон нэһилиэгэр пионер баһаатайынан үлэлээбит, педагогическай үлэ ветеран учууталларыгар Халдеева Мария Романовнаҕа, Протопопова Зоя Ивановнаҕа уонна 10 сыл "Факел" пионерскай этэрээти салайбыт начаалынай  кылаас учууталыгар Петрова Варвара Пакловьевнаҕа, хаартысканан күрэх кыайыылаахтарыгар: 1миэстэ Петрова Варвара Пакловьевна, 2 миэстэ Новоприезжая Матрена Афанасьевна, 3миэстэ  Габышева Мария Афанасьевна , биктэриинэ кыайыылаахтара: 1 миэстэ Стрекаловская Сардана Иннокентьевна, 2 миэстэ Алексеева Галина Гаврильевна ыланнар  А.Р.Халдеева аатынан модельнай библиотека сертификаттарынан, эҕэрдэ-махтал суруктарынан, өйдөбүнньүк бириистэринэн наҕараадаланнылар. Бириискэ  спонсордаатылар "Көмүлүөк" үһүс саас оскуола чилиэннэрэ, тэрээһин үрдүк таһымҥа ааста.